В тылу ковали Победу

 
 
Годы жизни: 20.04.1936

          Биһиги тапталлаах төрөппүттэрбит, сэрии сылын оҕолоро, Харайданова  Елена  Николаевна, 20.04.1936 с. Кириэс Халдьаайы Үөттээх алааһыгар алтыс оҕонон төрөөбүтэ, оскуолаҕа киирэн 7 кылааһы бүтэрэн баран колхозка үлэлии барбыта, аҕабыт Кучутов Николай  Егорович 10.06.1936 с. Үөгэн нэһилиэгэр төрөөбүтэ, сэрии иннинэ эрэ ийэлээх аҕата өлөннөр убайынаан Афанасийы кытары төгүрүк тулаайах хаалбыттарын, сэрии ыар сылларыгар кырдьаҕас эбээлэрэ Сүөкүлэ бэйэтигэр ылан, бэйэтин бүтэһик күннэригэр дылы көрөн харайан, Үөгэн нэһилиэгин дьоно, аймахтара көмөлөөн тыыннаах хаалбыттар. Аҕабыт тулаайах хаалан Сэрии кэминээҕи хоргуйуулаах, быстарыылаах дьыллары  этэҥҥэ туораан, биһиги  бу  орто  бараан  дойдуну  көрөн,  олох  олорон,  бэйэбит  аҕа,  эһээ  буолар  дьолбутугар ийэбитин кытары  холбоһон, 1958 сыллаахха ыал  буоланнар, ыарахан  даҕаны,  үөрүүлээх  даҕаны  түгэннэри  сарын-сарыннарыттан  өйөнсөн,  өйдөһөн, 7 оҕону төрөтөн, улаатыннаран, олордохторо. 

Аҕабыт эдэр,  кыанар эрдэҕинэ колхоз, совхоз  биир  бастын  үлэhитэ  этэ, колхозка, онтон  совхоз кузницатыгар тимир ууһунан, кэлин лесорубтаабыта, үс-түөрт буоланнар кыһыннары сайыннары ойуурга  куйааһы, тымныыны  аахсыбакка.  Герой Охлопков аатынан совхоз биир биллэр рационализатора этэ. Ону элбэх грамоталар, махтал суруктар туоhулууллар.

Ийэбит эдэригэр  Ынахсыт учаастагар  фермаҕа  үлэлээбитэ,  оччолорго  ферма  үлэһиттэрэ  сарсыарда  5-6 чаастан үлэлэрэ  саҕаланара  уонна  киэьэ  8 чаас  диэки  бүтэрэ,  онтон  төрүөх  кэмигэр  сутканан  даҕаны  сылдьаллара. Итинник  улэҕэ  сылдьан  барыбытын  көрөн –харайан, аһатан-таҥыннаран,  имэрийэн-томоруйан, хайҕаан-сэмэлээн, ол  быыһыгар  иистэнэн, атах таҥастарын улларан  санаатыгар  кыра да буоллар  барыыс киллэрэн  сырыттаҕа,  ити  барыта  эҥкилэ  суох  улэһит,  хорсун  сүрэхтээх, тулуурдаах, дьулуурдаах  буолууну, булугас  өйү ирдиирэ. Кэлин,  Томторго  көһөн  кэлбиппит  кэннэ  ийэбит  детсадка  улэҕэ  киирбитэ – оҕолор  таҥастарын  сууйара, түөрт-биэс  оһоҕу  маһын  бэйэтэ  хайытан,  кыстаан  отторо, биһиги, кэлин  сүгэни  сатаан  тутар  буолан  баран, бары  тахсан  көмөлөөн  маһын  хайытан,  кыстаан  көмөлөһө  сатыырбыт. Таҥас  сууйарыгар,  унтыларын  улларарыгар  эмиэ  илии-атах  буоларбыт. Онон  маамабыт бэйэтин күннээҕи олоҕунан  холобурдаан  биһигини  ханнык  даҕаны   үлэттэн  куттаммат,  барыны  бары сатыыр,  мындырдык, тобулардыы  толкуйдуур  буоларга уһуйдаҕа. 

        Елена Николаевна улэһит,  сүрэхтээх  киһини  Айыы  Таҥара бэйэтэ көрөр,  көмөлөһөр,  үлэһит  буолуу – дьол,  онон  улэни  таптыы, дьон  үлэтин  сыаналыы  үөрэниэхтээххит  диэн  сиэннэрин такайа олороро бу баар курдук.  Сүрэхтээх, дьулуурдаах  үлэһит  буолааһын  ген  быһыытынан  бэриллэр  буоллаҕына,  чахчы,  биһиги  инники олорбут  көлүөнэ дьоммут, төрөппүттэрбит  биһигини, бэйэлэрин  оҕолорун,  ити  дьоһун  хаачыстыбанан  толору  хааччыйбыттар  диэн  астына, киэн тутта этиэхпитин ба5арабыт.

Место рождения: Кириэс Халдьаайы
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ