В тылу ковали Победу

 
 
Годы жизни: 26.06.1934 - 1994

Күн күбэй ийэм  Черемкина Акулина Гаврильевна бэс ыйын 26 күнүгэр 1934 сыллаахха  Кириэс Майыарга дьонугар төрдүс оҕонон төрөөбүтэ. Кини Кириэс Майыар начаалынай оскуолатын бүтэрбитэ.  Эрдэ тулаайах хаалан үөрэҕин кыайан салҕаабатаҕа. Ийэм сэрии кэмин оҕото буолан, улахан дьону батыһа сылдьан үлэ араас көрүҥэр кыра эрдэҕиттэн үлэлээбитэ. Кини кэпсииринэн сэрии сылларыгар  кыһалҕатын оҥорон, бэл, сордоҥ, күстэх суох буолара диэн кэпсиирэ. Кураан сайыннар тураннар, күөллэр кууран, балык  суох буолан хоргуйарбыт диирэ. Колхозка торбос көрөргө, күһүн муҥхалыырга, фроҥҥа итии таҥас тигэргэ көмөлөһөрө. 16 сааһыттан колкозка ыанньыксытынан үлэлээбитэ. 1961 сыллаахха колхозтары бөдөҥсүтэн, «Абый» совхоһу тэрийбиттэрэ. 1966 сыллааха дылы онно ыанньыксыттаан улууска маҥнай биир ынахтан 2000 кг үүтү ыан,  муус устар 12 күнүгэр 1963 сыллаахха «Ударник коммунистического труда» диэн анал ааты ылбыта. 1966 сыллаахтан Абый оройуонунааҕы «Колымторг» атыы-эргиэн хонтуоратын Кэбэргэнэтээҕи салаатыгар  маҕаһыыҥҥа атыылааччынан үлэлээн,  1971 сыллаахха Бочуотунай Грамотанан наҕараадаламмыта («За долголетнюю и безупречную работу в системе торговли района и за высокие производственные показатели»).  1984 сыллаахха пенсия5а тахсыбыта. Пенсияҕа тахсан баран иистэнэрэ. Кини айан этэрбэһин, унтууну, саҕынньаҕы, эрэбэдэйи, бэргэһэни тигэрэ. Биһигини иис эйгэтигэр үөрэппитэ. Ийэбит барахсан оҕо сааһа сэрии ыар сылларыгар ааһан, эрэйи көрөн эрдэ доруобуйата мөлтөөбүтэ.

Ийэм  1994 сыллаахха ыалдьан 59 сааьыгар олохтон барбыта.

 Ахтыыны суруйда кыыһа Лидия Черемкина.

 

 

       

Место рождения: Якутская АССР, Абыйский район
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ