В тылу ковали Победу

 
 
Годы жизни: 1914- 1977

Кырдьаҕас эдьиийбит Наумова Авдотья Ивановна "Огдооччуйа" 1914 с.төрүөх. Ийэм абаҕата Наумов Иван Михайлович ииппит кыыһа. Амма Эмис икки ардыгар 28 км баар Кириэстээххэ дьаам сүүрдээччинэн олорбуттара онтон кэлин аҕата өлөн Эмискэ көһөн киирбиттэрэ . Бастаан булчутунан сайынын, атынан от оҕустарааччынан субан сүөһүгэ бостуугунан. Кини сатаабат үлэтэ диэн суох киһи этэ. Кэлин 1960 с. бу олохтон барыар диэри олохтоох балыыһаҕа солбуллубат оһох оттооччунан үлэлээбитэ. Дьахтар киһиэхэ ыһыы киһи этэ, бэйэтэ ат иитэрэ. Дьахтарга сэдэх идэлээх санныттан саатын түһэрбэт сааһыт этэ. Сүрдээх көнө эр киһилии биир тыллаах дьаһал сатал киһи. Икки төрөппүт кыыһа аҕатынаан ииппит уоллара бары оҕолонон урууланан билигин сиэннэр хос сиэннэр аатын ааттата сылдьаллар.Сэмэй олоҕун бу сиргэ 1977 с. түмүктээбитэ. Чиэһинэй олоҕу олорон ааспыта.

ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ