В тылу ковали Победу

 
 
Годы жизни: 1872- 1953

Эһэм бииргэ төрөөбүт убайа, Наумов Иван Михайлович "Чулбуук" 1872 с. төрүөх. Сэрии инниттэн Амма Эмис икки ардыгар 28 км Кириэстээх диэн учаастакка олорон, дьаам сүүрдээччинэн үлэлээбитэ. Оччолорго бэйэтин билинэр кыанар сытыы хотуу киһи буолан үлэлээбитэ. Маны тэҥэ айылҕаттан айдарыылаах буолан айылҕаны, дьону-сэргэни хоһуйан ыллыыр эбит.Народнай суруйааччы В. М.Новиков икки үйэ кирбиитигэр түбэһэн хаалан биллибэтэх киһи диэн үрдүк сыанабылы биэрбит. Ону тэҥэ бэйэтэ оҕото суох буолан элбэх тулаайах киһи буоларыгар көмөлөспүт киһи. Билигин ииппит уола баар оҕолордоох, сиэннэрдээх.1953 с. бу олохтон барбыта.

ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ