В тылу ковали Победу

 
 
Годы жизни: 1929–2007

Чурапчы улууhун Хоту көһөрүү кыттыылааҕа. Тыыл, үлэ бэтэрээнэ.

Биhиги аҕабыт Луковцев Николай Романович 1929 с. бала5ан ыйын 29 күнүгэр Чурапчы оройуонугар Хадаар нэhилиэгэр «Кэлтэгэй» алааска күн сирин көрбүт. Аҕата эрдэ өлөн ийэтэ огдообо хаалаан тулаайах анардаах улааппыт. 1938 с. Дириҥ 7 кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэ киирбит. Онтон 1941 с. Аан дойдуну аймаабыт, алдьархайдаах Аҕа дойду сэриитэ саҕаланар. Ол да буоллар аҕабыт 4 кылааhы Чакыр нэhилиэгин оскуолатыгар бүтэрэр.

1942 с. күһүнүгэр Чурапчы оруйонун Хоту көһөрүүгэ түбэhэн ийэтинээн Луковцева Ольга Николаевналыын Хадар наhилиэгиттэн «Кыhыл Кырыс» колхуоhун үлэhиттэрэ Эдьигээн сиригэр уотугар тиксэллэр. Онно тиийэн балык булдугар кыралыын улаханыын улэлээн бараллар. Ыарахан улэ, тымныы бала5ан, куhа5ан танас сап, куннэ коhуулэргэ диэн бэриллэр киhи илиитигэр сыста сыльдар суус грамм хара килиэп барыта эбиллэн олон сутэн барбыттар. Сотору кэминэн ийэтэ ыалдьан орон киhитэ буолбут, биир кун а5абыт аччыктыыра бэрт буолан килиэп атыылыыр лааппыга барбыт. Арай киирэн корбутэ долбуур хотойорунан килиэп ус корунэ: хара, коннору урун уонна тридцатка бурдук килиэптэрэ тураллар а5ай эбит. Аччык о5о эрэйдээх аска ымсыырбыт сирэйэ – хара5а бэлиэтэ бэрт буолуо ону аhынан атыыhыт киhи кэлэн кэпсэтэн, ыйыталаhaн барбыт. Онтон тороппуттэрин аатын истэн баран айдаара туспут: «Тыый до5ор, бэйэм дойдум о5ото эбиккин, мин Харитонов Петр диэммин» диэбит уонна урун буханка килиэби туттаран кэбиспит. Ийэтэ барахсан кыайан оруттубэтэх, утуйалларыгар наар бииргэ сыталлар эбит (кэм бэйэ – бэйэлэрин сылаастарыгар угуттанан утуйа сатаан эрдэхтэрэ). Онтон биир сарсыарда уhуктубута ийэтэ эрэйдээх барбыта ырааппыт, хайыы – уйэ этэ сойбут киhини кууhан сытаахтыыр эбит. Итинтэн ыла са5аламмыт тогурук тулаайах о5о олох иhин охсуhар кэмнэрэ.

1945 с. Кыайыы буолтун, сэрии буппутун истибиттэр уонна торообут дойдуга тоннуэххэ собун билэн куhуору дьону батыhан дойдутун булар. Элбэх сурунааллары, кинигэлэри сурутан аа5ар буолан билиитэ – коруутэ диринэ. Бэйэтин дьо5урунан оройуоннаа5ы «Сана олох» хаhыакка хоhооннору, фельетоннары суруйан «Хадаарыскай» диэн псевдонимынан бэчээттэтэр этэ. Бастакы «Сурэх ба5атынан» кинигэтэ 2002 с. бэчээттэнэн тахсыбыта.

«Ахтылҕан»                                   

 Н. Хадаарыскай

Кэтит килбиэн Олуэнэ

Куугэн аллар долгуннара…

Тойук чиэски туора сир

Туруук таастаах хайалара… 

    Ардах тустэ, этин эттэ,

    Халлаан хайдыах улугэрэ.

    Хара былыт будул5ана - …

    Хайдах дууhам айманна!...

Туоххаhыйа а5ыннахпыан

Торообут алааспын, бала5аммын,

Оруу суохтуу санаатахпыан,

Уорэ оттоох бутугаспын.

     Суоhу  курдук ууруллэн,

     Сурэх дьолун сутэрэн

     Ыраах сиртэн кэлбиппит,

     Ыран быстан иэдэйдибит.

Хаhын, тымныы хаарыйан

Хагдан оттуу хатабыт.

Ха5ыс – хобдох олохтон

Хараастаммыт ытыыбыт…

     Хаhан коруой уоруу кунэ,

     Харах уута куурар кунэ?!

     Дойдубутугар тиийэр куммут,

     Дьоллоох эбиппит дэhэр куммут?!

Место рождения: Чурапчы улууһа
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ