В тылу ковали Победу

 
 
Годы жизни: 1926 - 2018

Биһиги ийэбит Ефремова Агафья Васильевна 1926 сыллаахха Бордоҥ нэһилиэгэр Кукаакы  сиригэр Кураанахха үһүс оҕоннон Баһылай Ефремовтарга төрөөбүтэ. Аҕата кини төрүөн иннинэ ыалдьан өлбүтэ, ийэтэ 3 саастааҕар өлбүтэ. Онон төгүрүк тулаайах хаалан 3 аҥыы иитиллибиттэр. Ийэбит Агааппыйаны Бөчөҕүнэ эмээхсинэ (Прокопьев С.И ийэтэ) ылан иитэн киҺи гыммыт.

Ийэбит эдэр эрдэҕиттэн колхоз, совхоз араас үлэлэригэр үлэлээбитэ. 1952 сыллаахха аҕабынаан Федоров Н. И. II ыал буолан 3 кыыс оҕолонон 35 сыл дьоллоохтук олорбуттара. 7 сиэн, 2 хос сиэн минньигэс сытын билэн барда. Кыргыттарын, сиэннэрин үөрэттэртээн, онтон аһара үөрэр этэ, бэйэтэ үөрэммэтэх буолан. Кыра кыыһын Аксиньяны биэлсэр үөрэҕэр үөрэттэрэн, онно кырдьар сааһыгар сытан көрүллэн-хараллан барда. Ийэбит 92 сааһыгар сылдьан бу дойдуттан барбыта.

Место рождения: Нюрбинский улус, Бордонский наслег, местность Кукаакы
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ