В тылу ковали Победу

 
 

Аҕа дойду сэриитэ Улуу Кыайыыннан түмүктэммитэ номнуо 75 сылыгар барда. Хас биирдии ыалы тымныы тыынынан хаарыйбыта, ааспат арахпат ыар аһыыны, сыр5ам бааһы хаалларбыт бу ынырыктаах сэрии туһунан өйдөбүл көлүөнэттэн көлүөнэ5э сүтүө суохтаах. Чурапчы улууһугар 1939с. са5алаан улахан курааннар са5аламмыттар, аһыңа сири дойдуну саба бүрүкээбит. Ону сэргэ да5аспытынан А5а дойдуну көмүскүүр сэрии ыар сыллара буолбуттар. 1942 сыл күһүнүгэр архив докумуонугар көрдөххө 41 колхоз, 1850 хаһаайыстыба, 5318 киһи хоту Кэбээйи, Эдьигээн уонна Булуң оройуоннарыгар көһөрүллүбүттэр. Бу дьаһал 1942 с. атырдьах ыйын 11 күнүнээ5и 213 нүөмэрдээх уураа5ынан олоххо киирбитэ. Би4иги хос эбээбит, эбээбит Елена Сидоровна Андросова чугас дьонун кытта Булуңоройуонун Быков Мыс бөһүөлэгэр көһөрүллүбүттэрэ. Кинилэр эттэринэн-хааннарынан билбиттэрэ: тоҥуу-хатыы, аччыктааhын эрэйин-кыhал5атын, чугас дьону сүтэрии бары муҥун-сорун, дойду ахтыл5анын, ыар дьаhаллар бары содулларын.Чурапчы көһөрүүтугэр сылдьыбытарын туһунан ханнык да кинигэ5э киирэ илик ахтыыны эһээбиттэн , үлэ бэтэрээниттэн Алексеев Иван Ильич кэпсээниттэн кылгас ахтыыны суруйдум.

1942 с. күһүн бала5ан ыйыгар эбээбит убайа Лэгэнтэй, балта Настаа, эдьиийэ Мотуруона, саңаһа Өлөөнө икки кыыһынаан уонна эбээм буолан, Булуң оройуонугар көһөрүллэн барбыттара. Аллараа Бэстээххэ диэри колхоз сүөһүтүн сиэтэн Чурапчыттан сатыы кэлбиттэр үһү. Манна борокуоттаах баржаны кэтэһэн аһа5ас халлаан анныгар хас да күн хоммуттар. Борокуот бала5ан ыйын бүтүүтүгэр эрэ кэлбит. Айанна элбэх киһи өлбүт: тоңон, ыалдьан, аччыктаан. Алтынньы ыйыгар Булуңңа тиийбиттэр, бараак дьиэ5э олорбуттар үһү. Ас-үөл кэмчи, суох эбит. Онуоха эбээбит олохтоох эбэңкилэри кытта Чурапчыттан барарыгар наада буолуо диэн а5албыт үрүң көмүс иһиттэрин аска атастаһар этим диэн о5олоругар кэпсиирэ үһү. “Барыта фронт туһугар” лозунунан сиэттэрэн күүстэрин барытын кыайыыга уһансыбыттар. Саас өрүс эстибитин кэннэ балыксыттар биригээдэлэрин тэрийэн балыктыыллар эбит. 1945с. Кыайыы күнэ үүнэн үөрүү-көтүү буолбут. Эбээбитин Кыайыы мэдээлинэн наҕараадалаабыттар.

Сэрии бүппүтүн кэннэ эбээбит 1947с. эһээбитигэр Илья Антонович Алексеев диэн Уус-Алдан Тумулуттан төрүттээх киһиэхэ кэргэн тахсар. Эһээбит Илья Булуң оройуонугар Быков Мыска 1934 сыллаахха балыксытынан «Артика» колхозка үлэлии кэлбит эбит. Эһээбит Стахановтыы үлэни сатабыллаахтык тэрийбитин иһин ССРС балыгын бырамыысыланнаһын кмиссариатыттан Бочуот грамотатын туппута.

Хос Эһээлээх эбээм Быков мыска билсиһэн ыал буолан, үс уол о5оломмуттара. Үс уолтан биирдэстэрэ мин эһээм Иван Ильич буолар. 1959с. Булуңтан көһөн кэлэннэр Уус-Алдан оройуонугар Тумул нэ4илиэгэр олохсуйбуттар. Бу курдук би4иги эбээлээх эһээбит олорон ааспыт олохторугар хомолтолоох да, үөрүүлээх да күннэр-дьыллар буолан ааспыттара.Бу курдук сэрии кэмигэр ыарахан сыллар буолан ааспыттар. А5а дойду сэриитин кэмигэр Чурапчы көһөрүүтүгэр сылдьыбыт биһиги өбүгэлэрбитин , кинилэр олохторун, сэрии сут-кураан сылларыгар хайдах үлэлээн-хамсаан туораабыттарын, туох на5араадалаахтарын биһиги эдэр ыччат ону өйдүүр билэр эбээһинэстээхпит.

Галя Миронова,

Покровскайдаа5ы улууснай гимназия 6 кылааһын үөрэнээччитэ

Ханалас улууһа

Место рождения: Чурапчинский улус с.Юрюнг-Күөл
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ