Прокопьева Екатерина Григорьевна
- Годы жизни: 1919 - 2011 гг.
Тапталлаах эбэбит, билигин да ахтар саныыр кэрэ киһим, Прокопьева Екатерина Григорьевна Бүлүү уокуругун Ньурба улууһун 1 Малдьаҕар нэһилиэгэр кэрэттэн-кэрэ айылҕалаах Нөөлбүктэ диэн сиригэр 1919 сыллаахха тохсунньу тоһуттар тымныыта үгэннээн турдаҕына Федоров Григорий-Калгай уонна Марфа дьиэ кэргэттэригэр 10-с оҕонон күн сирин көрбүт. Аҕа дойду сэриитэ саҕаланарыгар 23 саастаах, “Коминтерн” колхоз үлэһитэ, ферма биригэдьиирэ, арыы сыаҕын үлэһитэ эбит. Сэрии ыарахан сылларын кэпсииригэр эбэбит барахсан өрүү ытамньыйан ылааччы. Хайдах курдук эйэлээхтик, күргүөмнээхтик үлэ-хамнас буолан олордохторуна суоһар сурах кэлбитин кэпсээччи. Улахан убайа Ньукулай 1-Тураах, аармыйаҕа ыҥырыллар сааһа ааһан сэриигэ барбатах. Колхоз биир тутаах үлэһитэ буолан икки хараҥаны ыпсаран үлэлии сылдьан, сэрии бүтэр сылыгар тымныйан аҕыйах хонон хаалбытын кэпсиирэ. Эбэбититтэн үс сыл аҕа эдьиийэ Дьэлиэнэ ыаллыы Өҥөлдьө сиригэр кийиит буолан баран, сэрии ыар сылларын кыһарҕаныттан олохтон туораан кини уолун Килиими ийэтинээн көрөн улаатыннарбыт. Килиим балта Борускуо аҕатыгар хаалан улааппыт. Алта сыл аҕа эдьиийэ Маайа эмиэ Өҥөлдьөҕө олорбут, сэрии бүттэҕин утаата өлөөхтөөбүт, уола Куола интернаттарынан олорон үөрэнэн үлэһит буолбут. Иккис убайа Фёдоров Ньукулай 2с-Калгаев Аҕа дойду сэриитигэр бастакы хомуурга ыҥырыллан, суоһар кыа-хааннаах Москва аннынааҕы сэриигэ кыттыһан, Иваново куорат иһин кыргыһыыга геройдуу охтубутун уонна онно братскай көмүллүүгэ хараллыбытын, Албан Аат кинигэтиттэн булан иһитиннэрбиппит. Сураҕа суох сүппүт диэн биллэриитэ эрэ кэлбит эбит. Убайын туһунан бииргэ сэриилэспит Мэҥэдьэк сирин киһитэ Андрей Гаврильевич Дмитриев ахтыытын уола Ахмед Дмитриев кинигэ таһаартарбытыгар баарын көрөн долгуйа аахпыппыт. Эбэбит олохтон бартын биир сылын кэннэ этэ, дьэ тыыннааҕар истибэккэ хаалбытыттан курус хомолто кууспута...
Эбэбит Кэтииккэ оҕотуттан акка үөрүйэх буолан, колхоз бытанан олорор кырыы учаастактарыгар ыҥыыр атынан, аргыс киһилээх айаҥҥа сылдьар эбит. Арыы собуотугар үлэлиирин таһынан, атыыһыттаан уонна биригэдьиирдээн да ылар эбит. Кыанар дьон бары сэриигэ баран, колхозка кырдьаҕастар уонна оҕолор эрэ хааллахтара дии. Онно кыанар эдэркээн кыыһы хайа да үлэҕэ үлэлэттэхтэрэ диирэ. Биир түгэни кэпсээбитэ билиҥҥэ дылы өйбөр олорон хаалбыт:сэрии алдьархайа ааҥнаабыт кэмигэр айылҕа да тэҥҥэ эрэйдэнэрин...ол курдук уот куйаас сатыылаан, уот-баһаар көҥүлүнэн баран, сут-аччыкка эбиилик буолбут. Итинник курааҥҥа ардах түспэккэ, сир-дойду хатан үүннэрбит ыһыылара да, сир аһа да үүммэтэх. Баһаар тохтообут сиринэн айанныырыгар ат туйаҕын анныттан уот кытыастан ылара,ол иһин оннук сирдэргэ аты кымньыылаан муҥ кыраайынан ойутарбыт диэн кэпсээбитигэр эбэбин сөҕө көрбүтүм бу баар...Ол ыраах учаастактарга сэрииһиттэр суруктарын, хойутаан да кэллэр наһаа наадалаах хаһыаттары, аҕыйах ас-үөл илдьэрбит диирэ. Ат төргүүтүгэр иилиллибит бэрэмэдэйбитин кутталлаах сирдэри аастахха түһэн кытаатыннаран биэрэрбит диэн кэпсиирэ. Кыра буолан баран дохсун сүүрүктээх уонна курааҥҥа уолан бадараан буолбут от үрэхтэри кэстэрэн туоруур аһара сылалааҕын кэпсиирэ. Өссө онно сайыҥҥы үөн-көйүүр, күйүгэскэ киһилиин аттыын кэбирииллэрин этэрэ. Оччоҕо ол саҕанааҕы биһиги эбэбитимөссүөнэ харахпытыгар бу баардыы ойууланан көстөрө...аһынаммыт саба түһэн сыллаан ыларбыт.
Арыы собуотугар үлэлиир кэмигэр тулаайах хаалбыт, аччык оҕолор мусталлара диирэ. Холкуос бэрэссэдээтэлэ көрбөт кэмигэр холбуу үүт, арыы ыгыллыбыт уутун бэрсэн сордонорум диирэ. Оннук түҥэтэри көрдөҕүнэ колхоз баайын көҥүлэ суох түҥэттэ диэн үҥсэн хаайыыга ыытыан сөптөөҕүн кэпсээн сөхтөрбүтэ. Кинилэр колхозтарыгар хоргуйан өлүү аһара элбэҕэ, ол салалта мөлтөҕүттэн, кыра үөрэхтээх, сорудаҕы токурутуулаах өйдөөн салайбыт киһи буруйа диирэ. Бастакы бэрэссэдээтэл Тимофеев-Түккүн диэн киһи дьон-сэргэ аһара хоргуйан эрэллэрин көрөн кыра бурдук атаҕа диэни түҥэппитин иһин үҥсэннэр хаайыга баран төннүбэтэҕэ диэн хараастан кэпсиирэ. Ол эбэбит бэрсэр холбуйун, арыытын уутун иһэн уонна кыра алаадьытын, лэппиэскэтин сиэн үссэнэн, тулаайах оҕолору детдомҥа ыытан тыыннаах хаалбыт , 1976-1987 с.с. Алдан куорат медучилищетын директорынан үлэлээбит Марк Николаевич Ефремов махтана ахтыбытын, онно үөрэммит эбэм быраата Килиим кыыһа Елена эбэбэр кэпсээбитэ элбэҕи этэр ээ.
Ити курдук эбэбит Кэтииккэ кыанар-хотунар, эдэр эрчимнээх сааһа Аҕа дойду сэриитин кыһарҕаннаах сылларыгар ааспыта. Төрөөбүт дойдутун хаанымсах халабырдьыттартан босхолоһон тыыл ыарахан үлэтин кыаҕынан үлэлээн, 1947 сыллаахха “1941-1945 с.с килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээлинэн (норуокка биллэринэн Ыстаалын төбөлөөх) бэлиэтэммитэ. Сэрии кэнниттэн Малдьаҕарга, онтон эһэбэр Николаев Василий Наумовичка кэргэн тахсан, Маалыкайга көһөн олоҕун улаханын атыыһытынан үлэлээбит. 50-80 с.с. дьоно-сэргэтэ кинини “Бэрэдэбиэс Кэтииккэнэн” билэллэрин истэн үөрэбит. Үтүө суобастаах, чиэһинэй үлэтэ сыаналанан үгүс Бочуоттаах Грамоталар, “ Коммунистическай үлэ ударнига” бэлиэ туоһулууллар. “Холбос” респотребсоюз 1980 сыллааҕы съеһигэр Маалыкайтан Семен Александрович Петровтуун кыттан кэлбит. Ол мандаата, бэлиэтэ, хаартыската ийэбэр бэрт кичэллик харалла сытар.
Аан дойдуну атыйахтаах уулуу аймаан, сүүс араас омугу хаанынан ытатан ааспыт кырыстаах сэрии кыайыы көтөллөнөн бүппүтэ 75 сылыгар, оччотооҕу эдэркээн көлүөнэ дьонуттан баттахха баттанар хаалаахтаата...
Эйэлээх күндэлэс күннээх ыраас халлаан анныгар олорор биһиги көлүөнэ, кэлэр көлүөнэлэр умнубаттарын туһугар ытык-мааны дьоммут кэриэстэрин умнубат туһуттан саныыры-билэри сурукка тиһэрбит суолтатын умнуо суохтаахпыт!
“Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!”- сүгүрүйэбит күндү тапталлаах Эбээбит – Екатерина Григорьевна Прокопьева сырдык аатыгар!
Кира Шарина уонна Лена Ксенофонтова дьиэ кэргэттэрэ.
2020 с.
- Место рождения: Нюрбинский улус, наслег 1 Мальжагар
- Информация о материале
- TPL_CONTENT_WRITTEN_BY