Винокуров Степан Иванович
- Годы жизни: 1900
Кинилэр үтүө ааттара умнуллуо суохтаах
Мин аҕам толору аата Степан Иванович Винокуров, былыргы, ааспыт 19 үйэ Өймөкөөн улууһун дьиҥ былыргы төрүт олохтоохторун киһитэ. Күн–дьыл аастаҕын аайы киһи санаата дьонун диэкки эргиллэн көрүөн баҕарар эбит. Ол гынан өбүгэлэрбит, оннооҕор аҕам туһунан туһунан ахтыы оҥорор үгүс уустуктардаах эбит.
Ити сэбиэскэй кэмҥэ иитиллибит дьоҥҥо барыбытыгар баар суол: кимтэн кииннээхпитий, хантан хааннаахпытый диэн ыйытыыга эппиэти биэрэрбит үксүгэр уустук. Дьиҥ диэн билиннэххэ, эһэбитин, эбэбитин да билбэт дьон, ама хос-хос өбүгэлэрбитин билиэхпит дуо? Билиҥҥи ыччаттары көрө-көрө испэр наһаа үөрэ саныыбын. Кинилэр күн аайы аҕаларын-ийэлэрин кытта алтыһаллар, эбэлэригэр-эһэлэригэр атаахтыыллар, хос-хос да эһэлэрин билэр да дьон баар буолла. Ити XXI үйэ дьоллоох дьонноро диэм этэ.
Оттон биһиги, сэрии кэминээҕи оҕолор, оҕо сааспыт, аҕыс - тоҕус сааспытыгар бүппүтэ диэтэхпитинэ омун буолуо суоҕа. Оҕо сылдьан аҕабын аҕыйахтык көрбүтүм, ыраах интэринээт, аармыйа, анал үөрэх кыһата, онтон ханна ыыталларынан атын сиринэн тэлэһийии. Барыта ыксал-тиэтэл, былаас дьаһалын толоруу....
Онуоха эбиитин ол саҕана дьон былыргыларын туһунан кэпсииллэриттэн туттуналлара, биһирэммэт да этэ.
Дьэ ити курдук киирии тыл кэнниттэн кылгастык аҕам уустук олоҕун кэрчигиттэн быһа тардан суруйуум. Өймөкөөн оройуонун оччотооҕу “Өймөкөөн” сопхуоһун туруу сэмэй үлэһитэ этэ. Кини көлүөнэтин дьоно сүрэхтэринэн-быардарынан сэбиэскэй олох туһугар, норуот ыраахтааҕы батталлаах олоҕуттан босхолонон дьоллоохтук олороллорун туһугар үрүҥ-хара үлэ диэн араарбакка көлөһүннэрин харыстаабакка тохпут дьоннортон биирдэстэрэ. Ити туһунан дьиҥ кырдьыгынан ахта-саныы суруйар, кинилэр ол кэмнээҕи олохторун, санааларын-оноолорун ис-иһиттэн чахчы уот-харахха билэр дьон билигин суохтар.
Мин да сааһым балайда буолла ол гынан билигин кинилэр кэпсээннэрин сурунан хаалбатахпын кэмсиммитим иһин, буолбут буоллаҕа, ааспыт аастаҕа диир эрэ кыахтаахпын. Онон дьонум туһунан тугу өйдүүрбүнэн кэрчик-кэрчик суруйуум, баҕар сыыһа - халты да баара буолуо, ону баалаамаҥ.
Аҕам айаннара
Аҕам, Винокуров Степан Иванович 1900 сыл (сорох сурукка 1898 с. да диэн) төрүөх диэн биир докумуонугар сурулла сылдьарын өйдүүбүн. Онон кини 120 сааһын бэлиэтэниэ этэ. Кини төрөөбүт түөлбэтэ Күөнтэ, уруккута «Түүмсүү” колхоз киинэ буолар.
Сураҕа аҕата «Тохтооһой» диэн номоххо киирбит 17 оҕолоох сэниэ ыал, ити билигин Өймөкөөн саҥа кулууба уонна оскуолата баар сиригэр «Үүт уурбут» диэн ааттаах сиргэ кырдьар сааһыгар кэлэн сайылыыр сирэ эбитэ үһү.
Аҕам урукку кэм кирбиитинэн атаҕа уйар буолуоҕуттан ханнык да үрүҥ-хара үлэттэн туора турбакка, бэйэтин лаппа кыанар күүстээх-уохтаах, кытаанах уонна көнө, судургу майгылаах, санаалаах эдэр киһи бэйэтин бэйэтэ көрүнэн киһи хара буолбут. Биллэн турар, Улуу дойдубут урукку балысханнаах кэмэ: ыраахтааҕылаах Арассыыйа, Октябрьскай революция, гражданскай сэрии, сэбиэскэй былаас олохтонуутун уустук кэмэ, онтон Аҕа дойдуну көмүскүүр иһин уоттаах сэрии, ол хорумньутун чөлүгэр түһэрии: барыта кытаанах киирсии, өлбөт иһин туһугар мөхсүү, быһах биитигэр сылдьар курдук олох, түүннэри-күнүстэри үлэ, аччыктааһын, онтон да атын олох ыарахаттара барыта кини көлүөнэтин дьонун санныларынан аастаҕа.
Ол курдук, эдэр сааһыттан үлэтин айан аартыгыттан саҕалаабыт. Биллэн турар, ол кэмҥэ суол-иис быстар мөлтөҕүттэн табанан, атынан ыырданан тыһыынчанан көһү кыһыннары-сайыннары, хаар-ардах, бырыы да бадаран суолунан ылбычча киһи тоҥ буору тобулан, уу-хаар ыккардынан ыарахан айаны кыайбата буолуо. Кини сэрии инниттэн, сэрии кэмигэр, ол да кэнниттэн ити курдук табыгастаахтык дьону-сэргэни, аһы-таҥаһы таһан, Өймөкөөнүн дьонугар түүннэри-күннэри сыратын харыстаабыкка дьаамнаан айаннаабыта биллэр. Сураҕынан Ө. Кулаковскай Өймөкөөҥҥө хаста да кэлэр-барар сырыытыгар мин аҕам дьаамныыр кэмэ үһү. Ол туһунан хаа-дьаа оттуу сылдьан дьоҥҥо кэпсиирин мин уонча саастаахпар отчуттар звеноларыгар сылдьан истибитим.
Иккис кэпсээнин өйдөөн хаалбытым, ол: “Аҕа дойду сэриитин иннинэ улахан сололоох дьон эрээри Арассыыйа киин сириттэн балыллан (репрессияҕа түбэспит) биһиги дойдубутугар кэтэбилгэ-манабылга ыытыллыбыт дьоннору кытта ол айаныы сылдьан алтыспытым. Бу кистэлэҥ буолара. Хаста да таба этин бухааҥка килиэпкэ харабыллартан атастаһар этибит. Ол онно, сураҕынан, улахан званиялаах, оннооҕор генераллар да бааллара”, – диэн быстах быктаран кэпсиирэ.
Буолуо да, Өймөкөөн-Магадан аатырбыт көмүстээх аартык суолунан төһөлөөх дьон ааспытын билигин ким билиэй?! Былыргыны былыт саптаҕа. Арай ити кэми санатар биһиги дьиэбитигэр немецкэй «Зингер» массыына ийэбэр баара. Бу массыына аҕабар сэрии иннинэ Магадантан таһаҕас таһыытыгар бастаабытын иһин бириэмийэтэ үһү. Ол туһунан аҕам да, ийэм да куруутун киэн тутта кэпсииллэрэ. Сэрэйдэххэ ол кэмҥэ ити улахан наҕараада эбитэ буолуо.
Аны өссө кини кэпсээниттэн биир интэриэһинэй түгэни бэлиэтиэм этэ. Ол сэрии кэнниттэн 1948-1950 сыллар бүтүүлэригэр, Москваттан анал кистэлэҥ сорудахтаах кэлбит үс киһилээх суут үлэһиттэрин (“тройканы”), сэриигэ сылдьыбыт биэс саха саллааттара харабыллаах дьону үс сыл (!) курдук Томпоттон төрүттээх киһини кытта элбэх тус хоту (Дьааҥы, Усть-Яна, Усть-Майа, Өймөкөөн, Томпо) сирдэринэн дьаамсыгынан, сирдьитинэн, аттарын көрөөччүнэн сылдьыбыттарын туһунан кэпсээбитэ. Ол суут үлэһиттэрэ бары бириискэлэри кэрийбиттэрин уонна ол улахан кистэлэҥин туһунан бэлиэтиирэ. Кинилэр ханна тийбит сирдэригэр балаакканаан түһэллэрин уонна кинилэри ити биэс автоматчик күннэри-түүннэри маныылларын туһунан этэрэ. Оттон сылгыны көрөөччүлэр туспа түһэн хоноллоро үһү.
Бу “тройка” быһаарыытынан сорох дьон босхоломмут, сорох төттөрү хаайыытыгар хаалара үһү. Ол сырыыларын түмүгүнэн киниэхэ харчынан бириэмийэ уонна наҕараада кэлбитин туһунан сураҕы истибит, ол гынан, хомойуох иһин, ким эрэ буруйунан дуу, эбэтэр алҕаһын түмүгэр ол сүппүт уонна киниэхэ тиксэрбэтэхтэр. Кырдьык даҕаны, ол “тройка” үлэтин хааччыйан илдьэ барбыт аттарын биирин да энчирэппэккэ, охтон өлүүлэрин таһаарбакка, сүтэрбэккэ, үс сылынан этэҥҥэ төннөн кэлиитэ, биһиги дьоммут сатабыллаахтарын, тулуурдаахтарын уонна кыһамньыларын, суолу-ииһи үчүгэйдик билиилэрин туоһута буоллаҕа. Ону сыаналаатахтара буолуо.
Манна бэлиэтиэм этэ, аҕам ону-маны ыһа-тоҕо мээнэ кэпсии сылдьыбат этэ, аны санаатахха оччотооҕу кэм ирдэбилинэн “о неразглашении государственных секретов” диэн илии баттаппыттара буолуо. Ол кэмэ ааспытын кэнниттэн кыралаан быктаран кэпсээбитэ буолуо. Онтон төһөнү кэпсэээбэккэ хаалбытын бэйэтэ эрэ билэрэ буолуо.
Барыта кыайыы туһугар, үлэ, тыыл фрона
Сэрии сылларыгар кылгас кэмҥэ 1942-1943 сыллардаахха Үчүгэй холкуоһугар бэрэссэдээтэллээбит. Ол кэнниттэн Өймөөкөөнтөн үлэ фронугар диэн ааттаан хас да киһини анаан ыҥырыыннан Киренскэйгэ кистэлэҥ авиапорду тутууга ыыппыттар. Онно олус ыарахан үлэҕэ сылдьыбыттар, таачыканан кумаҕы, тааһы, буору таһан, кутан ол авиапорду уһаппыттар-кэҥэппиттэр. Америкаттан перегоннанан улахан “Алсиб” диэн ааттаммыт трассаннан кэлэр самолеттар түһэн ааһалларыгар сөптөөх буолар гына оҥорбуттар. Илии үлэтэ наһаа ыараханын, сылаалааҕын, олус элбэх дьахтар үлэлээбитин туһунан ахтан-санаан ааһара. Норманы толорботоххо аччык хаалыахха сөбүн, сайынын олус иитиитин, дьахталлар уонна эр дьоннор үксүн сыгынньах сылдьан үлэлээбиттэрин этэрэ. Ол ыарахан үлэттэн босхолонон сэрии бүппүтүн кэннэ кэлбиттэрэ үһү. Онно кини эмиэ биригэдьииринэн сылдьыбыт курдук этэрэ. Кинини кытта Өймөкөөнтөн тоҕус киһи сылдьыбыт, ол иһигэр өр кэмҥэ Томторго сельсовет бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит Власий Петрович Кривошапкин (оччотооҕута эдэр киһи), Н. Заболоцкай (Ньукуус), А. Заболоцкай (Куттаайык) онтон да атыттар.(сорохторун өйдөөбөппүн). Кинилэр аҕабар махтана ахталларын эт кулгаахпынан истибитим.
Сэрэйдэххэ элбэх наҕараадалааҕа эбитэ буолуо, ону оҕо сылдьан мэтээллэринэн оонньуурбутун өйдүүбүн. Сталин төбөлөөх мэтээлин олус ытыктыыра. Ол кэмҥэ билиҥҥи курдук сэрии бэтэрээннэрэ эҥин диэн соччо өрө тутуллубаттар этэ, тоҕо диэтэххэ оччотоооҕута хас биирдии киһи барыта Аҕа дойду иһин, Улуу сэрии кыайыытыгар кыттыгастаах буоллаҕа. Биир чымадаан толору сэрии саҕана суруттарбыт заемнар өргө дылы баалларын өйдүүбүн.
Аҕа үөрэҕэ
Дьэ ити курдук араас кытаанах сырыыга сылдьыбыт буолан, аҕам букатын сааһыран баран ыал буолбут. Кылгас кэмҥэ Үчүгэйгэ холкуос бэрэссэдэтэлэ буола сылдьан, сүүрбэтин эрэ ааспыт ийэбин, 1924 с. төрүөх Матрена Заболоцкайаны, кулаак аймахтардаах этэ диэн туора көрүллэр кыыһы кэргэн ылбыт. Бу оччотооҕу олоҕу билигин ыараҥнатан көрдөххө, эмиэ хорсун быһыы эбит. Дьэ ол иһин мин уоттаах сэрии кэмин оҕотунабын, 1944 с. төрөөбүтүм. Аҕам үөрэҕэ суоҕа, ол гынан наһаа дьикти буукубаларынан илии баттыыра. Ол латиницанан, Новгородов алпаабытынан эбит. Аҕам, ийэм бэйэлэрэ үөрэҕэ суох буолан, мин үөрэхтээх буолуохпун ис сүрэхтэриттэн баҕараллара. Кинигэҕэ, сурукка-бичиккэ олус ытыктабыллаахтык сыһыаннаһаллара уонна мин кинигэ ааҕарбын күүстэрэ тиийэринэн хааччыйа сатыыллара. Холобур, ол саҕана уот кэмчи, чүмэчи, кэрэһиин лааампа уоттарыгар ааҕарбын букатын боппотторо, чүмэчи бүтүө эҥин диэн хааччахтаабаттара.
Аны ийэлээх аҕам төһө да ол кэмҥэ дьон-сэргэ арыгыны хото иһэр кэмнэригэр миигин арыгыга чугаһаама диэн өй-санаа иҥэрбиттэрэ. Биллэн турар, аҕам эдэр сааһыттан киэҥ сиринэн сылдьыбыт, этинэн-хаанынан элбэҕи билбит-көрбүт, араас быһылааннарга түбэспит, олох эридьиэстээх оскуолатын ааспыт буолан, соҕотох, аатын ааттатар оҕотун хайдах иитиэҕин, биллэн турар толкуйдаабыта, ырыҥалаппыта чуолкай, хаһан да мөхпөккө да, таһыйбакка да ииппиттэрэ.
Аҕам үлэ фронугар, кэлин да эмиэ араас ыарахан үлэҕэ, айаҥҥа ырааҕынан сылдьар кэмигэр ийэм барахсан бэйэтэ бүөбэйдээн, араас оччотооҕу оҕо сыстыганнаах ыарыытыттан быыһаан, аччыктаппакка тыыннаах хааллардаҕа. Аны бөһүөлэккэ оччотооҕу холкуос араас үлэтиттэн туора турбакка, сэрии да сылларыгар ол да кэнниттэн туох баар үрүҥ-хара үлэҕэ күүһэ тиийэринэн үлэлээтэҕэ. Элэккэй, сымнаҕас, үтүө майгылааҕа..
Онтон аҕам аттыгар төһө да уһуннук сылдьыбатаҕым иһин, элбэхтик истибэтэҕим да буоллар, кини бэйэтин кэмигэр олоххо-үлэҕэ сыһыаннаах боппуруостарга сөптөөхтүк уонна чахчы наадалааҕы, кырдьыгы сирэйгэ этэр буолан, улахан наҕараадаҕа тиксибэтэх, аата да соччо ааттамматах диэм этэ.
“Кырдьыгынан олорор уонна ону туруорсар киһи буолуоххун баҕарар буоллаххына, кимиэхэ да иэскэ киириэ суохтааххын, олоххор көрсөр ыарахаттары дириҥник толкуйдаан туоруурга бэлэм буолуохтааххын. Эккирэтээччи, сымыйанан кэпсээн ыытааччы да баар буолуохтара, ону тулуйуохтааххын уонна утары кыайан эппиэтин биэрбэтэх буоллаххына умнуохтааххын”, - диэн үөрэтэн эппитэ, кырдьык, олохпор улаханнык туһалаан кэллэҕэ.
Аҕам ийэбин Матрена Афанасьевнаны олуһун убаастыыра, таптыыра туохха барытыгар өтө көстөрө. Итиэннэ армияттан кэлбиппэр, аҕам кинини кытта оттоһо сыттахпытына, биир киэһэ чэйдии олорон, тоҕо эрэ дьиэ-уот туһунан кэпсээн иһэн дьахтарга, ийэҕэ сыһыаҥҥа тохтообута, аны санаатахпына бу олус суолталаах кэпсэтии эбит:
- Киһи кэргэнин таптаан, сөбүлээн ылар, оҕолонууну, кэнэҕэски көлүөнэни хаалларары айылҕа бэйэтэ дьаһайар. Кэргэн диэн эр киһиэхэ кырдьар сааһыгар халыҥ дурдата, чэйин кутан биэрэр истиҥ киһитэ буолан хаалар. Мин кэргэммин биирдэ да таарыйбатаҕым, таҥараҕа махтанабын. Эр киһи күүстээх, алҕаска эчэтэн кээстэҕинэ, ыарыһах кэргэниҥ хайдах көрүөй, оҕолорун ким аһатыай-таҥыннарыай? Кэргэниҥ олоххор туох кыалларын барытын оҥоро сатыыр, оттон аһын-таҥаһын эн хааччыйыахтааххын - диэбитин билигин да өйдүүбүн уонна олохпор туһанан кэллэҕим. Билигин иккиэн бииргэ хараллан сыталлар.
Аҕам анараа дойдуга барыар диэри сопхуоһун туһугар рабочайынан үлэлээбитэ.
Онон аҕам Степан Иванович, ийэм Матрена Афанасьевна уонна кини саастыылаахтара Улуу кыайыыны эттэринэн-хааннарынан уһансыбыт дьоннор, билигин бары кэриэтэ суохтар. Ол гынан кинилэр үтүө ааттара умнуллуо суохтаах.
Василий Степанович Винокуров, СР тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, экономическай наука кандидата, СР 12 ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтин Өймөкөөн быыбардыыр уокуругуттан депутат (1990-93 сс.), “Үчүгэй” сопхуос бастакы директэрэ (1988-1995 сс.), Өймөкөөн, Эбээн-Бытантай, Анаабыр улуустарын бочуоттаах олохтооҕо, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына.
Муус устар ый, 2020 сыл, Дьокуускай к.
- Место рождения: Оймяконский улус
- Информация о материале
- TPL_CONTENT_WRITTEN_BY