Семенова Анна Алексеевна
- Годы жизни: 1908 - 1996
Мин ийэм Анна Алексеевна 1908 сыллаахха Бэстээх нэhилиэгэр, сэттэ оҕолоох ыалга саамай кыра кыыhынан төрөөбүтэ.
Бастакы кэргэнэ, мин аҕам Семенов Николай Спиридонович, 1911 сыл төрүөх, Аҕа дойду сэриитигэр ыҥырыллан, кыргыhыыга 1944 с геройдуу охтубутун туhунан биллэрии кэлбит. Мин онно түөрт саастаахпын. Ийэм сэрии сылларыгар Чаппандаҕа хонуу, от-мас үлэтигэр сылдьыбыт. Онтон Кукаакы нэhилиэгэр Кубалаахха миигин илдьэ көһөн кэлбит. Онно кэлэн колхозка арыыhытынан үлэлэбит.
Маалыкайга көһөн кэлэн, сана дьааhылаҕа, Васильев Николай Степанович сэбиэдиссэйдииригэр, поварынан киирбитэ уонна өр сыл онно улэлээбитэ. Кэлин пенсияҕа тахсар сааhыгар ыстааhа тиийбэтэҕэр, Степан Васильев совхозка, фермаҕа, нефтебазаҕа харабынайынан үлэлээн, дьэ ситэн улэттэн тохтообута. Ол да буоллар от звенотугар, дьон көрдөһүүтүн быһа гыммакка, барсан повардыыр этэ. Дьиэҕэ да таах олорботоҕо, аспытын астаан, таҥаспытын боройон, сиэннэрин буобэйдээн сылдьыбыта.
Ийэм киhи быhыытынан наhаа ирдэбиллээх этэ. Миигин, соҕотох оҕотун, атаахтаппакка ииппитэ. «Соҕотох соҕотоҕунан атаах буоллаҕына туох аанньа буолуой» диирэ, эппитин барытын толотторон төннөрө. Кыра сылдьан эhэм, төрөөбүт аҕам абаҕаатын эhээм диир этим, аахха атын сиэннэринээн ооньуу бартым, эhэм сиэнигэр учугэй баҕайы кыра мас хамыйах оҥорбутун дьиэбэр ыйыппакка эрэ илдьэ бартым. Онуоха ийэм ким биэрдэ диэбитин, бэйэм ыллым диэтэҕим дии. «Илдьэн биэр – түөкү эбит диэхтэрэ» диэн төттөрү үүрэн ыытта. Ону эhэбиттэн куттанан кытыан быыhыгар кистээн баран төннөн кэллим. Онно ийэм «Эhэн баар дуо, туох диэтэ?» диэн ыйыттаҕа дии. Ону мин «эhээттэн куттанан кытыан быыhыгар уурдум» диэтим. Ийэм «Өссө уорар, эбиитин сымыйаччы буолбут» диэн төттөрү үүрэн илдьибитэ. Онуоха эhэм «Мас аайы оҕону тоҕо моҕоҕун?» диэбитигэр, ийэм өлө сыста, «Соҕотох сиэнин түөкүн уонна сымыйаччы буоллун диэн комускэhэҕин дуо?» - диэн кыыhырда, ол кэнниттэн сиргэ да сытары тыыппат буолбутум. Онно мөхпөтөҕө буоллар, баҕар, куhаҕан дьаллыкка да тиийиэм этэ.
Ийэм мин тоҕус оҕобун эмиэ оннук иитэлээбитэ. Оҕолор билигин да ахталлар, суохтууллар. Оҕолору, кырдьаҕаhы, кыамматы убаастыырга, көмөлөһөргө үөрэтэрэ. «Кырдьаҕастан – алгыhын, эдэртэн эйэтин ылын», «Доҕордоох киhи оөлөн-охтон биэрбэт» диэн тыллардаах буолара.
Ийэм наhаа асчыт уонна иистэнньэн этэ. Тайах, таба тыстарын күүскэ талкылаан имитэрэ уонна унтуу тигэттиирэ, онтон хаатыҥканан уллуҥун мин тигэрим. Ийэм түргэн-тарҕан туттунуулааҕа, туппутун түргэнник тиhэҕэр тиэрдэрин сөбүлүүрэ. Ону көрө үөрэнэн билигин сиэннэр бэйэлэрэ тигэллэр. Муста түстэрбит эрэ куруук ийэбин, эбээбин ахтан-санаан, махтанан ааhабыт. Оҕолор билигин да эбээлэрин суохтууллар, үтүктэн ас арааhын астыыллар.
Ийэбэр махталым улахан. Билигин бэйэм тоҕус оҕо ийэтэ, 20 оҕо эбээтэ, 12 оҕо хос эбээтэ буолан, 80 сааспын туолан, ийэм барахсаны наар ахтабын, саныыбын.
Кыыhа – Семенова Анастасия Николаевна ахтыыта
- Место рождения: Бэстээх нэһилиэгэ
- Информация о материале
- TPL_CONTENT_WRITTEN_BY