Годы жизни: 1.06.1922-4.01.1984

Самсонов Алексей Петрович бэс ыйын 1 күнүгэр 1922 сыллаахха Бүлүү оройуонун 1 Күүлэт нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 4 кылаастаах оскуолаҕа үөрэммитэ, онтон Киров колхуоска суоччутунан ананан үлэлиир. 1941 сыллаахха от ыйын 1 күнүгэр Кыһыл Аармыйа кэккэтигэр Үөһээ-Бүлүү оройуоннааҕы военкоматынан ыҥырыллан барар. От ыйын 10 күнүгэр Бүлүүттэн айанныыллар. От ыйын 27 күнүгэр Новосибирскай уобаласка "Куйбышев" диэн станцияҕа тохтообуппут диэн ахтар Алексей Петрович: 2 сыллаах сатыы (пехота) сэриигэ ананан анал үөрэххэ ыыталлар, онно балаҕан ыйын 11 күнүгэр диэри үөрэммиппит. Ити бириэмэ устатыгар ввзвод командирыттан махтал сурук туппутум. Онтон кэлин тактическай дьарыкка, ол аата сэриилэһиигэ үөрэнии, сорудаҕы толорууга иккитэ махтал сурук туппутум. Салгыы ҕ-ча саха оҕолорун талан Омскай куоракка 1081 №-дээх рабочай батальоҥҥа военнай завод үлэтигэр анаабыттара. Араас күүстээх үлэҕэ көһө сылдьан үлэлиирбит. Оннук этэҥҥэ үлэлии сылдьан ис тиибигэр ыалдьан доруобуйабынан сыыйыллан 1942 сыллаахха кулун тутарга дойдубар эргиллэн кэлбитим".

1943 сыл балаҕан ыйыттан эмиэ үлэҕэ ыҥырыллан Ленскэй оройуон леспромхозка оробуочайынан ананар. Үтүө үлэтинэн Ударник, стахановец аатын сүгэр. Үлэ фронуттан Бүлүүтүгэр 1949 сыллаахха эргиллэн ыал буолан оҕо төрөтөн, үөрэхтээх  дьон гына иитэлиир. Кэргэнэ Марфа эрдэ өлөн 9 оҕону бэйэтэ харытын күүһүнэн, кыаҕа баарынан иитэр-харайар. Уһун кэмҥэ совхозка, оскуола интернатыгар үтүө суобастаахтык үлэлиир. Хойукка диэри сүгэтин кыбына сылдьан элбэх ыалга дьиэ тутуһан, нэһилиэк олоҕор көхтөөхтүк кыттан олорбута. Алексей Петрович сээркээ сэһэнньитинэн, оһуокайдьытынан биллэрэ. Оһолго өлбүт кэргэннээх балтыгар 7 оҕону атахтарыгар туралларыгар төһүү күүс буолбутун "чахчы үтүө аҕа-убай туттубут киһим"  балта, кырдьаҕас эдьиийбит махтана ахтара. 1984 сыллаахха тохсунньу 4 күнүгэр Орто дойду олоҕуттан барбыта. Ахтыыны биэрдэ кыыһа Мария Алексеевна.

     

Годы службы: 1941-1942 гг.
Место рождения: I-й Кулятский наслег, Вилюйский район. Якутской АССР
Место призыва: призван Верхне-Вилюйским РВК Якутской АССР
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ