В тылу ковали Победу

 
 
Годы жизни: 1933-2007

Эһэм туһунан сырдык санаа

 Мин эһэм – үлэ, тыыл бэтэрээнэ Хоноёхов Устин Устинович. Кини 1933 сыллаахха тохсунньу 8 күнүгэр Таатта оройуонун Уолба нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Аҕата Хоноёхов Устин Кузьмич Уолба олохтооҕо, ийэтэ Аммосова Анна Васильевна Мэҥэ-Алдан Сырдаабытыттан төрүттээҕэ. Бииргэ төрөөбүттэр төрдүөлэр: Анна, Мария, Устин, Виталий. Сэрии бастакы сылларыгар буолбут уот кураантан сут сыллар саҕаламмыттара. Бу ыарахан күннэр-дьыллар эһэм дьиэ кэргэнин эмиэ хаарыйбыта. Хоргуйуу, аччыктааһын түмүгэр ийэлээх аҕата утуу-субуу өлбүттэрэ. Оҕолор тулаайах хаалан аймахтан аймахха, ыалтан ыалга, кэлин детдомҥа иитиллибиттэрэ. Улаатан баран бары булсан, Томпо оройуонугар тус-туспа ыал буолан олохсуйбуттара.Эһэм Уолба детдомун оскуолатын бүтэрэн, Баайаҕаҕа тахсан «Стахановка», «Буденнай» холкуос араас үлэтигэр 14 сыл эҥкилэ суох үлэлээбитэ. Онтон 1966 сыллаахха эбэбин Дедюкина Варвара Архиповнаны кэргэн ылан, Мэҥэ-Алдаҥҥа аймахтарыгар Аммосов В.В. көһөн кэлэн олохсуйбуттара. Туспа дьиэ туттан, икки оҕолонон, 4 сиэннэнэн, 2 хос сиэннэнэн толору дьоллоох олоҕу олорбуттара.1966 сылтан эһэм Герой Ф.М.Охлопков сопхуоска ыанньыксытынан үлэлии киирбитэ. Үлэҕэ оҕо эрдэҕиттэн сыстаҕас буолан, үлэни барытын үөрэ-көтө үлэлиирэ. Күнү быһа хотон үлэтиттэн быыс булан, дьиэтигэр эмиэ олорон ылбакка түбүгүрэрэ. Ол курдук, хотон туттан сүөһү, сибиинньэ, куурусса ииттибиттэрэ. Сайынын илиинэн оттуура. Аҕалаах эдьиийбин кыра эрдэхтэн батыһыннара сылдьан үлэҕэ такайан сыһыарбыта, дьону убаастыырга, үлэттэн киһи дьоллонор диэн үөрэппитэ. Оччотооҕу кэм сиэринэн туох баар нэһилиэккэ ыытыллар субуотунньуктарга, тэрээһиннэргэ актыыбынайдык кыттара, кэнсиэргэ ыллыыр, үҥкүүлүүр эбит. Дьиэтин таһыгар араас тутуу бөҕөтүн тутан, билигин онно оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ олоробут.Эһэм сопхуоска 25 сыл үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Ол да иһин үүт ыаһыныгар үрдүк көрдөрүүлэрин иһин Сочига баран сынньанан кэлэр путевканан, «Москвич» массыына фондатынан, «Социалистическай үлэ ударнига» бэлиэнэн, элбэх грамотанан, дипломунан наҕараадаламмыта. Уһун сыралаах, үрдүк көрдөрүүлээх үлэтин иһин «Үлэ бэтэрээнэ», «Тыыл бэтэрээнэ» буолбута уонна «Кыайыы 60 сыла» мэтээлинэн бэлиэтэммитэ. Үлэттэн илиитин араарбатах эһэм пенсияҕа тахсарыгар үлэлээбит сопхуоһа үс хостоох, толору хааччыллыылаах дьиэни тутан биэрбитэ.Эһэм 2007 сыллаахха муус устар 6 күнүгэр уһун ыарахан ыарыыттан олохтон туораабыта.Бу курдук Эһэм оонньооботох оҕо сааһын билэн курус санаа кууһар… Ол эрээри олоххо тардыһыылаах эһэм олорбут олоҕунан киэн туттуу санаата баһыйар. Кини оҕо сааһа төһө да ыараханын иһин, эдэр эрчим саастарыгар толору үлэлээн, дьиэ кэргэн тэринэн, эбэбитигэр, оҕолоругар, сиэннэригэр, хос сиэннэригэр күндү киһи буолан, дьон-сэргэ убаастабылын ылан, толору дьоллоох, дьоһуннаах олоҕу олорон, бу орто дойдуга ананан кэлбит ытык иэһин толору төлөөн, сэмэй суол, барыбытыгар сырдык санаа хаалларан бардаҕа… Кини үтүө аатын оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ мэлдьи ааттата сылдьыахпыт, үтүө үлэһит дьон үүнэн тахсыахпыт диэн бигэтик эрэнэбин. 

Хоноёхов Юра,  Томпо оройуонун Е.П.Неймохов аатынан Мэҥэ-Алдан орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэ, 2019.

Боевые награды: ударник социалистического труда, юбилейная медаль "60 лет Победы"
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ